Семен Фролов: “Верона” миэбэл солуона инникигэ эрэллээхтик хардыылыыр

Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ С.Е. Фролову көрсөн, атах тэпсэн олорон, оҕо сааһын умнуллубат түгэннэриттэн саҕалаан, улахан хампаанньа салайааччытыгар диэри хайдах үүнэн-сайдан кэлбитин, аа-дьуо ыксаабакка олорон сэһэргэһэбит. Семён Евгеньевич бааһынайдыы номоҕон дьүһүнэ, холку, наҕыл куолаһа киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээх.
Учуутал идэтэ миэнэ буолбатах...
– Саха киһитин сиэринэн билсиһэн кэбиһиэх...

– Лоп курдук 40 сыл анараа өттүгэр Сунтаар бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтүм. Онно улааппытым, үөрэммитим. Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Оскуолаҕа аангылыйа тылыгар үчүгэйдик үөрэммитим. Онон гуманитарнай хайысхаҕа чугаспын диэн санааттан 2000 сыллаахха СГУ омук тылын факультетыгар, аангылыйа тылын учуутала буолар ыра санаалаах үөрэнэ киирбитим. Устудьуоннуур кэммэр, оскуолаҕа быраактыканы ааһарбар “учуутал идэтэ миэнэ буолбатах эбит” диэн санаа киирбитэ. Онон филолог идэбинэн үлэлээбэтэҕим. 

Дьиэ кэргэҥҥэр хас бииргэ төрөөбүттэргитий?

– Үс уолбут. Мин саамай улаханнарабын. Ийэбит Сунтаарга бэйэтигэр олорор. Балыыһаҕа анестезиолог-сиэстэрэнэн үлэлиир.

Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолаҕын.

– Кэргэним Надежда Таатта Хара Алданыттан  төрүттээх, риэлторынан үлэлиир. Улахан уолбут Максим быйыл – 11-с, орто уол – Павел 4-с уонна кыракый кыыспыт Амелия 2-с кылааска, бары 14-с №-дээх политехническай лиссиэйгэ үөрэнэллэр.  

– Семён, бастаан эйигин көрөрбөр “метис” хааннаах дуу дии санаабытым. Өбүгэҥ хаппахчытын сэгэтиэҥ дуу...

– Аҕам Евгений Фролов – төрүт Бүлүүчээн киһитэ. Ийэм өттүттэн Григорьевтар – эмиэ бүлүүчээннэр.  Ийэбинэн эһэлээх эбэм – хаданнар. Убайдарым архыып матырыйаалларын үөрэтэн көрбүттэринэн, аҕабынан эһэбит Вениамин Фролов былыр Киров уобалаһыттан кэлбит нуучча киһитэ, эбэм осетин булкаастаах эбиттэр. Онтон Фроловтар сыдьааннара тарҕаммыт. Аҕам 5 бииргэ төрөөбүттэр, ийэм өттүнэн 8 кыыс.

Ыстатыйаны салгыыта аа5ын 

https://kyym.ru/sonunnar/olokh...